Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков наҕараадалары туттарда.
«Россия норуотугар бүгүн улуу бырааһынньык. Бүгүн биһиги бэлиэтиибит норуот сомоҕолоһуутун, биир буолуу, өй-санаа, үгэс күүһүн. Историябыт кыайыынан баай, хотторууну билбэт, ити эрээри туораттан күөмчүлээһин салҕанан барар, тирэхпит бөҕөтүн-бигэтин бэрэбиэркэлээһин ыытыллар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит уопсай кыайыы иһин улахан кылаатын киллэрэр, биһиги кирбиини туруулаһар уолаттарбыт — биир сомоҕо күүс бэлиэтэ буолаллар», — диэтэ премьер.
Саха сирин байыастарыгар Сибэтиэй Георгий уордьаннарын — IV степеннээх Георгиевскай кириэстэри уонна Россия оборуонаҕа министиэристибэтин «За мужество, отвагу и самоотверженность, проявленные при исполнении воинского долга» мэтээллэри туттардылар.
«Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар буойуттарга көмөлөһөр хас биирдии олохтооҕу үрдүктүк сыаналыыбыт. Уолаттаргытыгар амарах сыһыаҥҥыт, кыһаллыыгыт уонна өйөбүлгүт иһин», — диэтэ Греков.
«1612 сыллаахха Москваны польскай интервеннартан босхолуурга биһиги өбүгэлэрбит сомоҕолоспуттара, хорсуннарын, уҕараабат күүстээхтэрин, нуучча норуотун күүһүн көрдөөрбүттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна ыччат министиэристибэтин ааттарыттан Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиибин. Дьолу баҕарабын, саҕалааһыннргыт сатана турдуннар. Уопсай үлэнэн Россиябытыгар улуу ситиһиилэри аҕалыахпыт, аан дойду аренатыгар Россиябытын тирэхтээх оҥоруохпут», — диэтэ ыччат миниистирин э.т., Россия Геройа Игорь Юргин.
Өрөгөйдөөх күҥҥэ «Мы есть мы» Илиҥҥи байыанай уокурук ырыа-иструментальнай ансаамбылын кэнсиэрэ көрдөрүлүннэ.
Тэрээһин II өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утары пуорум чэрчитинэн ыытыллар.
This post was published on 05.11.2024 11:01 11:01