СВО кыттыылааҕын ийэтэ, Хатас олохтооҕо Мария Попова үтүө санаалаах дьоҥҥо махталын биллэрэр

Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ

Саха киһитэ барахсан үйэлэр тухары инники күөҥҥэ тутан кэлбит мааны майгыта – махталлаах буолуу. Оҥоһуллар көмөлөрү, өйөбүлү дириҥник махтанан туран ылынар, анал байыаннай дьайыыга сырдык тыына быстыбыт Геннадий Попов  ийэтин кэпсээнэ олус долгутуулаах. Попова Мария Тимофеевна — Хатас олохтооҕо, “Дохсун” СК администраторынан үлэлиир.

Ыал буолан силис-мутук тардан, үөрэхтээһин эйгэтигэр 40 сыл үлэлээбит сирэ Кэбээйи улууһун Тыайа нэһилиэгэ. Дьылҕа-хаан кытаанах ыйааҕынан огдообо хаалан, 3 оҕотун атаҕар туруоран, сиэннэрдэнэн, олоҕун оҥкула оннун булбут курдук этэ. «Этэ…» эрэ диирбитигэр тиийэбит. 2023 сыл Мария олоҕун эмиэ икки аҥыы хайытта – оҕом баарыгар, оҕом бу орто дойдуттан барбытын кэннэ диэн буолла…

Улахан уола Попов Геннадий Алексеевич анал байыаннай дьайыыга сырдык тыына быстыбыта. Оҕотун көмүс уҥуоҕун Сахатын сиригэр кистээтэ. Дьиҥ саха далбара буоларын быһыытынан, сахалыы өйдөбүлүнэн бу ыар сонуну билэн да баран, ис тутулун ыспакка, бэйэ бодотун тардынан туран, олох туһугар кытаахтаһан үлэлиир-хамсыыр.

“Хатаска оҕом баарына кэлэн, дьиэ-уот туттан олорон саҕалаабыппыт. Сылаастык, сымнаҕастык олоруохпун, күөх төлөнү киллэрии боппуруостарыгар мунуу-тэнии баар буолуох курдуга. Билигин олохтоох дьаһалта быһаччы көмөтүнэн, сүрдээх үчүгэйдик быһаарылынна, ийэлии истиҥ махталбын тиэрдэбин” – диэн олох ис сүрэҕиттэн дириҥ махталын тириэртэ.

Хатас нэһилиэгин бары дьоно-сэргэтэ хайдах эрэ ураты сэргэхтэр, эйэҕэстэр, сылаастар диэн бэлиэтээн кэпсээтэ. Бэл диэтэр, тибии типпит тоҥуу хаары оймоон, оптуобус тохтобулугар баран истэхпинэ, олох билбэт оҕолорум тохтоон, илдьэн биэрэллэр диэн сөҕө махтайа, махтана сэһэргээтэ.

Онтон Пермяков Евгений Петрович салайааччылаах олохтоох дьаһалта Григорьев Евгений Николаевич салайааччылаах Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытта олох ыкса сибээстээх үлэтэ күннээҕи даҕаны, инникигэ да былааннаах тосхолго үтүөнэн дьайар. Саамай кылаабынайа дьоҥҥо туох кыалларынан сонно тута көмөлөһөллөрө хайаан даҕаны бэлиэтэниэн наада диэн суруйарбар мария Тимофеевна тоһоҕолоон, туһулаан туран көрдөстө. Кини өссө биири бэлиэтииринэн, бу быһыыга-майгыга дьаһалта үлэһиттэрэ өй-санаа өттүнэн сүрдээх ыарахан сүгэһэри илдьэ сылдьаллар – санаа түһүүтүн, кыргыһыы хонуутуттан кэлэн баран, эйэлээх олох тыынын ылыныыга төһө кыалларынан көмөлөһүүнү уо.д.а.

Ийэ барахсан анал ааттаан, аадырыстаан туран Игнатьева Наталья Иннокентьевнаҕа, Егоров Михаил Владимировичка, Игнатьев Семен Семеновичка сылаас тылларын тиэрдэр, сахалыы сырылаччы сыллыыр.

Онон кырыа кыһыны сылаас, сырдык дьиэҕэ олорон көрүстүм, мууспун-хаарбын дьаһайыыга ыарахаттары көрсүбэтим, дьонноох сиргэ, түмсүүлээх нэһилиэккэ олорорбун эппинэн-хааммынан билбиппэр махталбын тиэрдэбин диэтэ Мария Тимофеевна. Дьиҥэ Мария бу этэр тылларбын бэйэлэригэр даҕаны эппитим, этиэм турдаҕа, ол гынан баран, Хатас дьонугар-сэргэтигэр махталбын тиэрдэ таарыйа, бар дьон истиитигэр санаабын тиэрт, норуот үтүө дьонун аатын билиэхтээх диэнинэн кэпсэтиибит түмүктэннэ.

Манна даҕатан эттэххэ ыстатыйам геройа анал байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга баҕа өттүнэн үп-харчы хомуйуутугар куруутун кыттар, Хатаспыт уолаттара туппут кэһии баһыылкаларыгар кини эмиэ кыттыгастаах.

Ааптар: Наталья Руфова, Хатас

This post was published on 16.04.2024 15:05 15:05