Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэр бэриллэллэр. Бэтэрээннэр медицина реабилитациятын уонна санаторнай-курортнай эмтэниилэрин Россия социальнай пуондата уйунар. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов эттэ, суруйар ЯСИА.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ 177 ыал олорор дьиэтигэр гаастанар кыахтанна. Байыаннай сулууспалаах 552 төрөппүтэ санаторнай-курортнай эмтэнии ааста. Дьиэ кэргэн 402 чилиэнэ байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр тиийэ сырытта. Медицина уонна социальнай тэрилтэлэргэ 1028 байыаннай сулууспалаах уонна 1768 аймаҕа реабилитация ааста», — диэтэ кини.
Салайааччы эппитинэн, 650 киһи үлэнэн хааччыллыыга көмө ылла, 154 киһи идэ ыларга үөрэниигэ туһаайыы сурук тутта.
«2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн СВО-ҕа кыттыбыт бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, ол эбэтэр саппааска турбуттар уонна демобилизованнайдар медицина реабилитациятын уонна санаторнай-курортнай эмтэнии өҥөтүн ылар бырааптаннылар, босхо. Маны сэргэ эмтэнэр сирдэригэр барар-кэлэр айаннарын Россия социальнай пуондата үбүлүүр. 2025 сылга Саха сиригэр маннык 144 миэстэ көрүлүннэ. Олорор сирдэринэн СФР отделениеларыгар баран ыйыталаһыахтарын наада», — диэтэ Георгий Степанов.
This post was published on 20.01.2025 17:05 17:05