Саха сирэ анал байыаннай дьайыыга кыттар байыастарга көмөнү оҥоруутун салгыыр. Бэҕэһээ СВО-ҕа сылдьар Саха сирин уолаттарыгар олохтоох ас наборун тириэртилэр.
Ол туһунан брифиҥҥэ гражданскай оборуона дьыалаларыгар миниистир Дмитрий Лепчиков эттэ.
«Тирэх пууннарынан баһыылкалары ыытабыт. СВО байыастарыгар саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыыттыбыт», — диэтэ Дмитрий Лепчиков.