Сууккаҕа тоҕус саҥа ойуур баһаарын буллулар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 9 889,6 гектар иэннээх сиргэ 18 ойуур уонна биир ландшафтнай баһаардары умуруордулар.  Уус- Майа оройуонугар үс умайыыны туораттылар.

Алдан, Ленскэй, Мэҥэ-Хаҥалас, Мииринэй уонна Орто Халыма оройуоннарыгар тоҕус саҥа баһаардары буллулар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 183 984 гектар иэннээх сиргэ 96 ойуур баһаарын умуруорууга 1 300 киһи уонна 121 тиэхиникэ үлэлии сылдьаллар.

Ыксаллаах быһыы-майгы режимэ Уус- Майа, Алдан, Нерюнгри, Таатта, Ньурба, Мииринэй оройуоннарыгар үлэлиир.

This post was published on 01.08.2022 09:09 09:09