Өрөспүүбүлүкэ иһигэр ааспыт сууккаҕа сэттэ буруйу оҥоруу түбэлтэтэ бэлиэтэннэ.
Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтигэр 1988 с.т. эр киһини өлөрдүлэр, уорбаланааччы тутулунна. Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттарга түөкүннээһин тахсыбыт чахчытынан икки холуобунай дьыала тэрилиннэ.
1951 с.т. Дьокуускай куорат олохтооҕо дьахтартан түөкүттэр албыннаан 530 тыһ. солк. уорбуттар. Миирнэй улууһугар эмиэ уоруу түбэлтэтэ таҕыста. Оттон Дьокуускай куоракка наркотигынан сокуоннайа суох эргинии эйгэтигэр буруйу оҥоруу үс түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. Суукка иһигэр 6 техногеннай баһаар таҕыста. Чульман бөһүөлэгин Свердлов уулуссатыгар баар дьиэ биир кыбартыырата умайда, баһаар тахсыбыт сириттэн 1963 с.т. киһи өлүгэ булулунна.
Киһи өлүүлээх суол-иис-тырааныспар быһылаана тахсыбата. Алдан улууһугар «Лена» федеральнай айан суолун 652 км «Тойота Аллион» мааркалаах массыынанан айаннаан испит суоппар, уруулун сатаан туппакка суолтан төкүнүйдэ. Ол түмүгэр суоппар эт-хаан эчэйиитин ылан балыыһаҕа киирдэ диэн иһитиннэрэр СӨ Борокуратуурата.
Сайаана Львова, Саха сирэ
This post was published on 14.09.2023 13:21 13:21