Өрөспүүбүлүкэ оперштабын дааннайынан, атырдьах ыйын 19 күнүгэр, коронавирус 520 саҥа түбэлтэтин булбуттар. Ити кулун тутар 9 күнүттэн ыла муҥутуур көрдөрүү, оччолорго COVID-19 ыарыыны 425 киһиэхэ бигэргэппиттэрэ.
Саамай элбэх киһи Дьокуускайга хаптарбыт– 390.
Оррйуоннарга: Мэҥэ-Хаҥаласка – 21;
Мииринэйгэ – 18;
Хаҥаласка – 15;
Намҥа-9;
Ньурбаҕа – 8;
Үөһээ Бүлүүгэ, Ленскэйгэ – 7-лии;
Сунтаар, Чурапчы оройуоннарыгар-5- тии;
Алдан, Горнай, Өймөкөөн, Таатта, Томпо оройуоннарыгар — 4-түү;
Бүлүү, Муома, Уус-Алдан, Уус-Майа улуустарыгар — 3-түү;
Нерюнгри оройуонугар – 2;
Аммаҕа – 1.
Оперштаб Саха сирин олохтоохторун барыларын бириэмэтигэр ревакцинация оҥороллоругар ыҥыраллар. Вакцинация таһыма намыһах диэн: Алдан, Дьааҥы, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ- Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Орто Халыма, Өймөкөөн уонна Хаҥалас оройуоннарыгар, ону тэҥэ Дьокуускайга бэлиэтииллэр.
Сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ лабораториялара коронавируснай инфекцияҕа 3548 чинчийиини ыыппыттар. Пандемия саҕаланыаҕыттан барыта 2 464 737 тест оҥоһуллубут.
This post was published on 19.08.2022 09:21 09:21