Өр сылларга «Эхо столицы», «Вести Якутии» уонна «Якутия» хаһыаттарга суруналыыстаабыт, үгүс интэриэһинэй бырайыактар, ыстатыйалар ааптардарыгар, биир идэлээхпитигэр Ирина Петровна Мартыноваҕа суһаллык эмтэнэ барарыгар көмө наада буолла.
Ирина ыарыыта Арассыыйа киин куораттарын эбэтэр тас дойдулар бастыҥ килииникэлэригэр эмтэнэр кыахтаах. Эпэрээссийэ сыанатын 1,5 мөлүйүөн солкуобай диэбиттэр.
Күндү Сахабыт сирин бар дьоно, Ирина Петровна ыраах эмтэнэ барарыгар туох-хайдах кыалларынан көмө-тирэх буолуохха, ыал ийэтин олоҕун быыһыырга бары бииргэ туруулаһыахха, сомоҕолоһуохха диэн ааттаһан туран ыҥырабыт.
Мобильнай баан нүөмэрэ: 8-924-867-20-56 (кэргэнэ Яков) Сбербаан счетун нүөмэрэ: 4230 7810 2760 6672 4585 ЯКУТСКОЕ ОТДЕЛЕНИЕ N8603 ПАО СБЕРБАНК БИК 049805609 корр счёт 30101810400000000609 ИНН 7707083893 КПП 143502001
Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас! «Саха сирэ» хаһыат редакцията.
Источник: © edersaas.ru сайтан: http://edersaas.ru/martynova/