Кулун тутар 31 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас Нөөрүктээйи нэһилиэгин олохтоохторо Саха Өрөспүүбүлкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин, наруодунай бэйиэти Иван Мигалкины, суруйааччылары: «Чолбон» сурунаал кириитикэҕэ уонна библиографияҕа салаатын эрэдээктэрин Иван Осиповы-Уйбаан Ойууру, «Полярная звезда» сурунаал эппиэттиир эрэдээктэрин Ираида Попованы, «Саха сирэ» хаһыат «Саха ыала» сыһыарыытын эрэдээктэрэ Надежда Егорованы ыҥыран ыалдьыттаттылар.
Ыҥырыылаах ыалдьыттары аан бастаан Павловскайдааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ Нина Колосова көрүстэ. Билиҥҥи уустук кэмҥэ уран тыл маастардара бэйэлэрин аймньыларынан дьону үөрдэ сылдьалларын иһин махтанна. Салгыы суруйааччылар саҥа тутуллубут бэртээхэй оскуолаҕа сырыттылар.
Эбиэттэн киэһэ кулуупка олохтоох айар түмсүү чилиэннэрин уонна олохтоохторун кытта атах тэпсэн олорон сэлэстилэр, саха тыла, литература, сурунааллар, хаһыаттар билиҥҥи туруктарын уонна айар үлэ уустук ньымаларын кытта билиһиннэрдилэр, айар түмсүү чилиэннэригэр сүбэ-ама биэрдилэр, инники былааннарын туһунан кэпсээтилэр, ыйытыыларга толору эппиэттэри биэрдилэр, саҥа хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.
Олохтоохтор Дьокуускайтан кэлбит суруйааччы ыалдьыттарга махтаннылар. Инникитин даҕаны маннык көрсүһүүлэри кэтэһэллэрин эттилэр уонна айар үлэлэригэр ситиһиини баҕардылар.
This post was published on 01.04.2016 10:36 10:36