Дьокуускайга олорор Хабаровскай кыраайтан төрүттээх 36 саастаах киһи төрөөбүт күнүгэр, олунньу 23 күнүгэр, дьиэтиттэн тахсан барбыт уонна ол кэнниттэн ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалбыт.
Убайа сураҕа суох сүппүтүн туһунан тыллабыры полицияҕа балта оҥорбут. Ол сайабылыанньанан оперативниктар суһал-ирдиир тэрээһиннэри ыытаннар, бу киһи өлөрүү сиэртибэтэ буолбута биллибит.
Кулун тутар 13 күнүгэр киин куорат ДСК оройуонугар быраҕыллыбыт массыынаҕа өлүөхсүт эттэммит кырамталара көстүбүттэр.
Бу өлөрүүгэ уорбаланан, бу киһи бииргэ үлэлээбит 28 саастаах кэллиэгэтэ тутуллубут. Уорбаланааччы буруйун билинэр көрдөрүүнү биэрбит.
Барыллаан быһаарыынан, өлүөхсүт уорбаланааччы дьиэтигэр ыалдьыттыыр кэмигэр кыыһырсан турбуттар. Онуоха дьиэлээх хаһаайын ыалдьытын быһаҕынан анньан өлөрбүт уонна балконугар таһаарбыт.
Сотору буолан баран, аны өлүгү эттээн баран, быраҕыллыбыт массыынаҕа илдьэн кистээбит.
Бу Чурапчыттан төрүттээх уорбаланааччы силиэстийэлиир изоляторга хаайылынна. Киниэхэ «киһини соруйан өлөрүү» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллэн силиэстийэлэнэр.
This post was published on 16.03.2018 16:00 16:00