Суордаахха уотурба уонна эбиэс тиийдэ

Сайт "Саха сирэ"

Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгин баһылыга Владимир Павлович Стручков олохтоох урбаанньыт Михаил Викторович Слепцов уотурбаны уонна эбиэһи тиэйэн аҕалбытын туһунан иһитиннэрдэ.

— Бары билэргит курдук, былырыын сайын нэһилиэкпит улахан халаан уутугар түбэһэн, улахан хоромньуну көрсүбүтэ. Онон сибээстээн мин этиибин олохтоох  дьокутааттар өйөөннөр, 6 туонна уотурба уонна 4 туонна эбиэс чааһынай хаһаайыстыбаларга куораттан атыылаһыллан, тиэллэн кэлиитин олохтоох дьаһалта үбүттэн төлөөн, босхо көмөлөһөргө быһаарыы ылбытттара.

Онон олохтоох урбаанньыт  Михаил Викторович Слепцов уотурбаны уонна эбиэһи бу олунньу ый 1 күнүгэр аҕалан биэрдэ, — диэтэ Владимир Павлович.

Источник: © sakha-sire.ru сайт

This post was published on 08.02.2023 11:28 11:28