Суордаахха Култуура киинэ тутуллар

Дьааҥы улууһун Суордаах нэһилиэгэр (баһылык В.Стручков) саҥа элбэх көрүҥнээх Култуура киинин былырыыҥҥыттан тутуутун саҕалаабыттара.

Тутууну бэдэрээтчит Заборовскай Ян Петрович салайан ыытар. Былырыын 10 мөл. суумалаах үлэни түмүктээбиттэрэ. Быйыл 15 мөл. суумалаах үлэ күөстуоргуйа турар. Эһиил онон 100 миэстэлээх кулууп үлэҕэ киириэхтээх. Ыраах уһук нэһилиэк буолан, тутуу матырыйаалын тиэллиитэ уустук, ыарахан сыаналаах.  Тыа сиригэр тутуу маһа дэлэй буолан, олохтоох үлэһиттэргэ үп-харчы киирдин диэн буруус маһынан тутарга быһаарбыттар. Сотору кэминэн култуура киинин кырыыһата уонна хочуолунайа оҥоһуллуохтаах, суруйда «Саха сирэ» сайт.

This post was published on 14.07.2023 11:26 11:26