Тохсунньу тоһуттар тымныыта. Таһырдьа ыас хараҥа. Сирилиир тыал-куус. Таһаҕаһы толору тиэммит улахан массыына иннин хоту дьүккүөрдээхтик айанныыр. Суоппар сылайдар да, дьиэтигэр-уотугар тиийэ охсор баҕата баһыйан тимир көлөтүн уруулун күүстээх илиилэринэн эрчимнээхтик салайан айаннаан иһэр. Оттон биһиги, бөһүөлэк дьоно, үлэбит-дьиэбит икки ардыгар «Ыччуу-ычча!» бөҕө буолан халлааны мөҕүттэбит, сылаас дьиэбитигэр тиийэ охсоору тиэтэйэ-саарайа хаамабыт. Дьиҥнээх тымныыны, тоҥууну-хатыыны, хастыы да хонукка дьиэлэриттэн-уоттарыттан тэлэһийэ сылдьар, ыарахан диэн чаҕыйбакка, уустук диэн толлубакка ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардар эрэ билэн эрдэхтэрэ.
Алтынньы бүтэһик өрөбүлэ — суоппар идэлээхтэр күннэрэ. Бу күн кинилэри улаханнык чиэстээн-бочуоттаан бэлиэтээбэтэллэр да, дьиҥнээх кытаанах үлэҕэ сылдьар, эр санаалаах, дьулуурдаах ыраах айаҥҥа сылдьар хоту дойду суоппардарын тустарынан дьон-сэргэ билиэхтээх. Кинилэр — биһиги олохпут уйгутун уһансар, хоту дойду олохтоохторугар тыын суолталаах идэни баһылаабыт дьон.
Бу күнү көрсө үйэ аҥаарыттан ордук уруулга олорор Валентин Васильевич Слепцову кытта сэһэргэһэбит.
— Валентин Васильевич, суоппар идэтигэр ханна үөрэммиккиний? Үлэлээбит маҥнайгы сылларгын кэпсии түс.
— Мин 1967 сыллаахха «Муома» совхозка үлэлии сырыттахпына, дизелист үөрэҕэр ыыппыттара. Тиийбиппэр миэстэ туолан хаалбыт этэ, онон суоппар идэтигэр биир миэстэ хаалбытыгар онно киирэн хаалбытым. Биир сыл слесарь-водитель идэтигэр үөрэммитим. Ону бүтэрэн кэлэн бараммын райкомҥа суоппардаабытым. А.Ф.Старкову, А.Е.Чичигинаровы тиэйэр этим.
— Маҥнайгы массыынаҕын өйдүүгүн?
— Өйдөөн буоллаҕа. ГАЗ-69 этэ. Саҥа буолбатах буолан алдьаныы-кээһэнии ханна барыай. Бэйэм өрөмүөннүүр этим. Онтон Өлүөхүмэтээҕи техникумҥа механик идэтигэр үөрэммитим. Кэлин үрдэттэн Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун 1980 сыллаахха кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим.
Бастаан сопхуоска ыраах айаҥҥа сылдьар этим. Биһиги иннибитинэ 60-ус сыллардаахха Аммос Иванович Черовтаах сылдьаллара. Мин, Платон Герасимов, Владимир Хабаров, Дмитрий Иванович Слепцов буолан бииргэ айанныырбыт. Оччолорго суол оҥоһуллубат, массыына талбыт сиринэн сылдьара. Дьэ, сүрдээх айан буолара!Ол курдук кыһыҥҥы суолунан сопхуос малын-салын, саһыл фермаларыгар балык тиэйэрбит. Саамай ыраата сылдьыбыт сирдэрбит — Сковородино, Большой Невер. Ыйы-ыйынан сылдьарбыт. Ардыгар массыына перегоннуурбут.
Кэлин сопхуос ыһыллыбытыгар 1995 сыллаахтан ОДьКХ тэрилтэтигэр эмиэ ыраах айаҥҥа сылдьыбытым. 46 сыл уруулга олорбуппуттан 36 сылын ыраах айаҥҥа атаарбытым.
Дьоруойум Валентин Васильевич бу аҕыйах тылынан үйэ аҥаарыттан ордук үлэлээн кэлбит сылларын сууххайдык кэпсээтэр даҕаны, бу сыллар кэтэхтэригэр кини бүтүн олоҕо, үлүскэн үлэтэ саһан сытар.
Ыраах айаҥҥа сылдьар диэн ураты. Тоҥору-хатары, ууну хаммакка, тото аһаабакка түүннэри-күннэри уруулга олоруу. Бытарҕан тымныыга массыына алдьаннаҕына, кулгаах-сирэй үлүйэрин аахсыбакка, көлөҕүн өрөмүөннүүгүн. Үгүс моһоллору көрсөн экстремальнай айан!
Аны тэрилтэ малын-салын тиийиэхтээх сиригэр кэмигэр тиксэрии бэйэтэ туспа улахан эппиэтинэс. Онон тилэҕэр тирэхтээх, эрбэҕэр эрчимнээх, мындыр өйдөөх эрэ киһи буолан бачча уһун кэмҥэ дьирээлэһэн туран үлэлээтэҕэ.
— Тугу саныы иһэҕин ыраах айаҥҥа?
— Суолбун көрө иһэбин. Дьиэбин-уоппун, дьоммун саныыбын. Массыынам алдьаммакка, таһаҕаһы кэмигэр тиэрдибит киһи эрэ диэн санаалаах айанныыбын. Урут сопхуоска үлэлии сырыттахпына, «норма часов» диэн бэриллэрэ. Билиҥҥи курдук балтараа-икки суукканан тиийбэккин, түөрт-биэс суукка бэриллэрэ. Оннук суолгун көрө айанныыгын.
— Ыарахан сырыы уонна табыллыбыт сырыы диэн баар дуу?
— Баар бөҕө буоллаҕа. Ханна да хаайтарбакка айаннаатахха үчүгэй. Суолга араас буолуон сөп. Аара суолга массыына түҥнэстэ сытарыгар, алдьанан турарыгар түбэстэххэ, тохтоон булгуччу көмөлөһөҕүн, онно тардыллан уһуннук да айанныахха сөп.
— Сиэри-туому тутуһуу, суол суруллубатах сокуоннара…
— Оннук. Перевалга тохтоон наҕылыччы аһаан, сиргин аһатан, массыынаҕын көрүнэн, туормаскын бэрэбиэркэлээн баран туоруугун.
— Суол иччитэ баар дииллэр дии. Онно түбэспиттээххин дуу?
— Ээ, ол аһаҕас дьоҥҥо көстөрө буолуо.Мин түбэспэтэҕим. Суоппардар кэпсээччилэр.
— Өскөтүн эйиэхэ билигин массыына таллардыннар, «Дьэ, Валентин, талбыт массыынаҕын ыл!» диэн. Ханнык маарканы биһириигин?
— Урал, Камаз массыыналары. Сэбиэскэй, бэйэ киэнэ бөҕө буолар, эрэллээх.
— Сабыылаах хараххынан, илииҥ иминэн массыына чааһын араарыаҥ этэ дуу?
— Араарыахха сөп.
— Оттон уулуссанан ааһан иһэр массыына тыаһыттан-ууһуттан «диагноз» туруоруоххун сөп?
— Уһуннук үлэлээтэххэ, киһи массыына тыаһыттан туга алдьанаары гыммытын быһаарар. Хос тыастаах буолар, ону эндэппэккэ билиэххэ сөп.
— Аныгы суоппардарга тугу баҕарыаҥ этэй?
— Массыынаҕын өрүү көрүнэ сылдьыахтааххын. Харах тэстэринэн буолбакка, суолга сэрэхтээх буоларга сүбэлиэм этэ.
— Идэҕэр сөбүлүүр өрүтүҥ.
— Айан буоллаҕа! Сири-дойдуну көрөҕүн, элбэх дьону кытта билсэҕин.
— Кэнники кэргэниҥ Валентина Гаврильевна ыраах айаҥҥа тэҥҥэ сылдьыһар этэ дииллэр.
— Бэйэтэ барсар этэ. Айанныырын сөбүлүүр. Үөрэппит киһи уруулга да олоруо этэ.
Валентин Валентинатынаан барытыгар бииргэ сылдьаллар. Күһүҥҥү балыкка кытта сөбүлээн барсар эбит. Түөрт оҕону иитэн, улаатыннаран таһаардылар. Улахан кыыс Айталина Валентиновна — «Суһал көмө» фельдшерэ, доруобуйа харыстабылын туйгуна. Ыксаллаах түгэҥҥэ толлон турбат, идэтин толору баһылаабыт эмчит. Уоллара Василий аҕатын туйаҕын хатаран баһаарынай чаас тэрилтэтигэр суоппардыыр. Эмиэ үлэтигэр туйгун. Үһүс оҕолоро Мария эмиэ доруобуйа харыстабылын туйгуна, акушер идэлээх. Пелагея асчыт, куоракка уһуйааҥҥа үлэлиир. Ииппит кыыстара Анна оскуолаҕа үлэлиир. Элбэх сиэн тоҕуоруһа мустан эбээлээх эһээни тула көтөллөр.
Оройуоммут сайдыытыгар үгүс сыратын-сылбатын биэрэн бэриниилээхтик үлэлээбит, үйэ аҥаара кэриэтэ ыраах айаҥҥа сылдьан араас наадалаах таһаҕаһы тиэйбит хорсун суоппар Валентин Васильевич билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Ол да буоллар, үлэлии-хамсыы үөрүйэх киһи үлэттэн илиитин араарбат, син биир суолга-массыынаҕа сыһыаннаах тэрилтэҕэ үлэлиир. Ол курдук маҥнай «Арктика суоллара» тэрилтэҕэ харабыллаабыта. Билигин ОДьКХ гарааһыгар үлэлиир. Биир идэлээхтэрэ сүбэ-ама көрдөөтөхтөрүнэ, ыйан-кэрдэн биэрэр.
Кырдьаҕас билигин даҕаны улахан суол диэки чарапчыланан көрөр. Ити буоллаҕа таптыыр идэ ааһан биэрбэт ахтылҕана, ыраах айан умсулҕана…
Суоппардар күннэринэн, Валентин Васильевич! Айаныҥ суола өр сылларга ыраахха диэри тыргылла сыттын!
Ааптар: Валентина Старостина, Муома улууһа
This post was published on 31.10.2022 13:29 13:29