Россия суоппардарын бырааптарын, өскөтүн болдьоҕо сотору кэминэн бүтэр буолаҕына, үс сылга уһатан биэриэхтэрэ. Ол туһунан премьер-министр Михаил Мишустин иһитиннэрдэ.
«Өссө биир уураах бизнескэ уонна дьоҥҥо административнай хааччаҕы өһүлүүгэ туттуллар. Суоппар быраабын болдьоҕун үс сылга уһатан биэриэхтэрэ, өскөтүн кинилэр болдьохторо кэлэр икки сыл иһинэн бүтэн, уларытаары сылдьыбыт буоллахтарына, — диэтэ премьер-министр.
Telegram-ханаалга суруйбуттарынан, суоппар быраабын болдьоҕо 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри бүтэн, уларытаары сылдьар буоллаҕына, тэрилтэлэринэн сүүрүү ирдэммэт, «автоматически» уһаан биэрэр.
Источник: РИА Новости
This post was published on 13.04.2022 17:01 17:01