Автомобилист күнүн көрсө бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников «Дороги Арктики» тэрилтэҕэ саҥа анал техникалар күлүүстэрин уонна техническай хонтуруол көһө сылдьар пуунун туттарда. Эбии биэс техника: икки самосвал, автогрейдер, автокран, экскаватор — Арктика улуустарыгар суолу хааччыйыыга айанныахтара, суруйар СИА.
«Дороги Арктики» Арктика эргимтэтигэр кыһыҥҥы суолу хааччыйар сүрүн тэрилтэнэн буолар. Тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев эппитинэн, техника сүрүннээн Орто Халыма улууһун суолларын хааччыйыаҕа. Кыһыҥҥы суол арылынна даҕаны онно самосвал, автогрейдер айанныахтара.
Премьер Андрей Тарасенко сорудаҕынан, «Росрезерв» автокран биэрдэ. Техника Усуйаана территориятыгар улахан инвестиционнай бырайыактарга үлэлиэҕэ, ол иһигэр муосталары оҥорууга. Өссө биир самосвал Баатаҕайга бэриллэр.
Техникалары кытта техническай хонтуруол көһө сылдьар пууна ылылынна. Бастакынан Анаабырга ыытыллар. ДОПОГ боппуруостарын быһаарыыга үлэлиэҕэ. Салгыы Булуҥ уонна Эдьигээн улуустарыгар көһөрүллүөҕэ.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
This post was published on 28.10.2022 15:43 15:43