Өрөспүүбүлүкэҕэ регионнааҕы уонна муниципальнай суоллары нуормаҕа эппиэттиир гына оҥорор-тутар, өрөмүөннүүр былааны улаатыннарар сорук турар. «Безопасные и качественные автомобильные дороги» нацбырайыак чэрчитинэн ыытыллар, СИА суруйар.
«Өрөспүүбүлүкэ суолларыгар 180 км, Дьокуускай суолларыгар 25 км өрөмүөннүүр сорук турар, билигин 28 эбийиэккэ үлэ саҕаланна. Бу иэн сылын аайы улаатан иһиэҕэ», — социальнай ситимнэринэн быһа эфир кэмигэр тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев эттэ.
Биэдэмистибэ баһылыга эппитинэн, билигин киин куорат уулуссаларын, суолларын оҥорууга бырайыактыыр-сметалыыр докумуон оҥоһуллар. 2021-2022 сыллардааҕы бөдөҥ бырайыагынан — Ленин проспега, Хабарова уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри киирэр. Инженернай инфраструктурата, тротуара, водоотведениета барыта толору уларыйыахтаах.
Маны сэргэ муниципальнай суолллар болҕомтоҕо ылыллаллар. Миниистир эппитинэн, халаан уутугар эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга суолу оҥорууга көрсүбүт ороскуоту сабыахтара. Салгыы эбийиэктэринэн барыахтара. Холобур, Майа — Төҥүлү — Бороҕон — Хорообут суола оҥоһуллуоҕа. Нэһилиэнньэлээх пууннарга киирии суоллар өрөмүөннэниэхтэрэ.
Барытыгар 488 мөл солк көрүлүннэ.
This post was published on 17.06.2020 15:01 15:01