Саха сиригэр суолу оҥоруу сайыҥҥы сезона түмүктэнэн эрэр. Балаҕан ыйыгар суоллары аспаалынан уонна бетонунан бүрүйүү үлэлэрэ бары эбийиэктэргэ түмүктэниэхтэрэ. Бу курдук соругу өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьера Дмитрий Садовников суолга үлэлиир бэдэрээтчиттэр, сакаасчыттар иннилэригэр туруорда.
Эрэгийиэннэээҕи суолталаах суолларга аспаалынан бүрүйүү үлэ Саха сирин үрдүнэн толору түмүктэммиттэр, арай Дьокуускай куорат иһинээҕи аспаалын ууруу 80% кэриҥэ түмүктэммит.
“Үгүс үлэлэр болдьоҕу урутаан иһэллэр, ол эрэн сорох бырайыактарга хаалыы эмиэ баар. Бу үксүн матырыйаал сөптөөх кэмигэр кэлбэккэ, тиэхиньикэ тиийбэтиттэн тахсар. Барыта миэстэтигэр быһаарыллар кыһалҕалар”, — диэн эттэ Дмитрний Садовников. Сиһилии ханнык суол үлэлэрэ ыытыллалларын манна киирэн ааҕыҥ.
Егор Карпов, Саха сирэ
This post was published on 20.09.2023 17:59 17:59