Уус Майа борокуратуурата суукка дьыала ыытта. Докумуоҥҥа суол тэрилтэтин салайааччыта улахан харчыны бэйэтигэр иҥэриммитин туһунан суруллар. Суумата 3 840 000 солк, СИА-ҕа биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Силиэстийэ көрдөрөрүнэн, буруйданааччы «Дороги Усть-Маи» ХЭУо генеральнай дириэктэринэн үлэлии сылдьан, уопсастыба аатыттан 3,8 мөл солк тахса суумаҕа иэс ылыыга дуогабар түһэрсибит.
Ылбыт үбүн тэрилтэҕэ биэрбэтэх, бэйэтин көрүүтүнэн-билиитинэн туттубут.
Борокуруор холуобунай дьыаланы суукка ыытта.
Силиэстийэ кэмигэр, буруйданааччыттан 3 840 000 солкуобайдаах баайа-дуола тутулунна, таһаарбыт хоромньутун сабыыга.
This post was published on 20.04.2021 18:01 18:01