Дьокуускай – Аллараа Бэстээх уонна Хатас – Павловскай хайысхаларынан өрүс суола муус устар 15 күнүгэр сабыллара былааннанар. Онон, нөҥүө кытылга пассажирдары сымнаҕас сыттыктаах суудуналар туоратыахтара.
Мантан саас Даркылаахтан 20 «Хивус» суудуна уонна түөрт аэробот үлэлиэхтээх. Оттон 202-с микрооройуоҥҥа түөрт «Хивус» уонна икки аэробот баазаланыахтара.
Хаҥалас – Суотту хайысхатынан «Славир» диэн үс суудуна уонна биир аэробот сылдьыаҕа.
Анивера АКИМОВА, edersaas.ru
This post was published on 11.04.2018 14:24 14:24