28 Кулун тутар 28.03
  • -12°
  • $ 92,59
  • 100,27

Суол сабыллыытын кыраапыга таҕыста

11:15, 27 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кыһыҥҥы суол сабыллара чугаһаан, өрүһү туоруур сирдэргэ хааччахтааһын олохтонон эрэр. Ол эрээри кыраапыкка уларытыылар киллэриллиэхтэрин сөбүн туһунан «Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрдэ.


Кулун тутар 26 күнүттэн Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан 30 туоннаҕа диэри массыыналар сырыыларыгар хааччахтааһын олохтонно.

Оттон муус устар 1 күнүттэн Бүлүү уонна Марха өрүстэри туорааһыҥҥа ыарахан уйуктаах массыыналарга айан-сырыы бобуллуоҕа. «Халыма» федеральнай суолга Хаандыга – Мэҥэ Алдан хайысхатынан муус устар 1 күнүттэн 20 туоннаҕа диэри хааччахтааһын киириэҕэ.

Суол сабыллыытын кыраапыга:

№ п/п Өрүс Өрүһү туорааһын 30 тоннаҕадиэри 20 тоннаҕадиэри 10 тоннаҕадиэри Суолсабыллар
1 Бүлүү Үөһээ Бүлүү 01.04.2018 05.04.2018 10.04.2018 15.04.2018
2 Марха Дьаархан 05.04.2018 07.04.2018 10.04.2018 15.04.2018
3 Бүлүү Күндээдэ 01.04.2018 05.04.2018 10.04.2018 15.04.2018
4 Бүлүү Устье 01.04.2018 05.04.2018 10.04.2018 15.04.2018
5 Бүлүү Кириэстээх 01.04.2018 05.04.2018 10.04.2018 15.04.2018
6 Өлүөнэ Дьокуускай – Аллараа Бэстээх 26.03.2018 02.04.2018 09.04.2018 15.04.2018
7 Алдан Хандыга – Мэҥэ Алдан 01.04.2018 08.04.2018 15.04.2018
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА