Саха сиригэр «Лена» суол 393-с километрыгар кыра массыына улахан таһаҕас тиэйэр массыынаны кытары харсыста. Саахалга дьахтар өллө, үс кыра оҕо ыарахан эчэйиилээх балыыһаҕа реанимацияҕа киирдилэр, диэн регионнааҕы ГИБДД биллэрэр.
Shacman суоппара кэпсииринэн, кини таһаҕас тиэнэр массыыната утары сырыылаах суолга киирэн хаалбыт, бу кэмҥэ Toyota Ist массыынаны кытары харсыспыт. Саахал тахсар кэмигэр өлгөмнүк хаар түһэ турбут.
29 саастаах кыра массыынаҕа олорсон испит дьахтар суһал көмө кэлиэн иннинэ өлбүт. Сэттэ, түөрт уонна биир саастардаах кыра оҕолор араас эчэйиилээх Нерюнгри киин балыыһатын реанимациятыгар киирдилэр.
Суоппардар улахан эчэйиини ылбатахтар. Быһылаан тахсар кэмигэр хайалара даҕаны арыгы испитин бэлиэтээбэтэхтэр.
This post was published on 03.10.2022 17:02 17:02