Суол оҥоруута – биир сүрүн үлэ

Томпо улууһун баһылыга Георгий Герасимов «Халыма» федеральнай суолу көрөр тэрилтэ генеральнай директора Юрий Игнатьев уонна улуус иһинээҕи үс суолу тутар, өрөмүөннүүр тэрилтэлэр салайааччылара кыттыылаах мунньах ыытта.


«135 № ФГУ ДЭП» (салайааччы Татьяна Иваненко) быйыл сайын Хаандыга уонна Кэскил икки ардыгар 8 км учаастагы өрөмүөннээн бүтэриэхтээх. Сотору «Халыма» федеральнай суолга өссө 8 км сири өрөмүөннүүргэ туордаһыы ыытыллыаҕа. Онно Томпоттон «Дортранс» ААТ (салайааччы Михаил Матыка) кыттарга былаанныыр.

Федеральнай суол Кэскил сэлиэнньэтин ортотунан ааһан Алдан өрүс кытылыгар тиийэр. Сүүһүнэн массыына паромнар тохтуур сирдэригэр ааһалларыгар быылы-буору барытын өрүкүтэн ааһаллар. Ити кыһалҕаны туоратар инниттэн суолу буору көтүппэт бетоннай эмульсиянан бүрүйэр ирдэниллэр.

Быйыл Хаандыга бөһүөлэгин Магаданскай уулуссатынан ааһар федеральнай суол 4 км учаастага бетоннаныахтаах уонна асфальтаныахтаах. Дьиҥинэн, маннык түгэҥҥэ суолу бэйэтин эрэ оҥорботтор, уу ааһар турбаларын уураллар, автобус тохтобулларын, кытыытынан тротуардары тутуу, уулуссаны сырдатыы үлэтин кытта ыыталлар. Хомойуох иһин, бэриллэр үп кыра буолан ити үлэ сороҕо оҥоһуллуо суоҕа.

Маны таһынан быйыл улуус киинэ 75 сыллаах юбилейын бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн олохтоох бюджеттан Хаандыга бөһүөлэгин икки уулуссатын асфальтыырга былаанныыллар. Суолу бастаан туппут дьоҥҥо анаан пааматынньык тутар былааннанар. Суол тэрилтэлэрин салайааччылара бырайыагы судургутутан үбүн аҕыйаттахха кыттыһан үбүлүөхтэрин сөп.

This post was published on 13.05.2016 17:38 17:38