Суол камералара Саха сиригэр фаратын холбообокко сылдьар массыыналары бэлиэтиэҕэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр бэс ыйыттан суол быраабылаларын кэһиини хаартысканан-видеонан бэлиэтиир хайысхата кэҥээтэ. Суол камералара фаратын холбообокко сылдьар массыыналары эмиэ булуоҕа.

ЯСИА-ҕа эппиттэринэн, суол управлениета кэһиини бэлиэтиир хаартыска-видеофиксация хайысхатын Дьокускайга, Горнайга, Хаҥаласка, Намҥа, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа кэҥэттэ.

Систиэмэ билигин бэлиэтиэҕэ:

Фараҕын арааран баран сырыттаххына — ыстырааба 500 солк. Уруулга олорон төлөпүөнүнэн кэпсэтии — 1500 солк. Курдамматах буоллаххына — 1500 солк.

Бастакы 30 хонукка ыстыраабы төлөөтөххүнэ 25% чэпчэтии көрүллэр.

This post was published on 06.06.2025 15:03 15:03