Билигин Сунтаартан Дьокуускайга диэри айанныыр федеральнай таһымнаах суолбут, урукку кэми кытта тэҥнээтэххэ, остуол ньууругар тэҥнээх буолла. Суол-иис хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ күргүөмнээх үлэни ыытан, асфальт бүрүөһүннээх суолбут иэнэ кэҥээн иһэр. Арай ааспыт сылга үп кырыымчыгынан сиэттэрэн үлэ тэтимэ бытаарда.
Бу боппуруос тула кэпсэтиигэ «Бүлүү» федеральнай суолу көрөр-истэр управление салайааччыта Николай Андреев Сунтаарга кэлэн барда, диэн улуус баһылыга Анатолий Григорьев иһитиннэрэр.
Суолу тутуу, реконструкциялааһын, өрөмүөн үлэлэригэр көдьүүстээх кэпсэтии буолла. Ол курдук, муоста тутуулара «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн, дойду президенэ Владимир Путин сорудаҕынан былаан быһыытынан 2030 сылга диэри түмүктэниэхтээх. Бу соругу толорууга былааннаах үлэ барар, диэтэ Сунтаар улууһун баһылыга.
Асфальт бүрүөһүннэниэхтээх суоллар бырайыактара оҥоһуллан бэлэмнэр. Үбүлээһинэ быһаарылынна даҕаны үлэ салгыы барыаҕа. Оччотугар, «Бүлүү» федеральнай суолунан төгүрүк сылынан айан хааччыллыаҕа, суруйда @suntaar_ulus
This post was published on 26.02.2024 14:33 14:33