Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Эдуард Филиппов уонна нэһилиэк тыыл, үлэ бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Люция Ивановалыын көтөх муҥунан кэһиилээх, илии тутуурдаах бүгүҥҥү дьоро күн дьоруойун үөрдэ-көтүтэ, чиэстии бардыбыт.
Хоп курдук тутта-хапта сылдьар, бэрт сэргэх көрүҥнээх, 90 сааһын томточчу туолбут тыыл, үлэ бэтэрээнэ Мария Николаевна Яковлева биһигини үөрэ-көтө көрүстэ. Күүтүүлээх ыалдьыттартан дьиэлээхтэр сэргэхсийэ түстүлэр. Оҕолор, сиэннэр күндү бэлэҕи, кэһиини көрө охсоору уҥа, хаҥас өттүбүтүгэр өҥөҥнөстүлэр.
Дьиэҕэ киирээт, баһылыкпыт бэйэтин үтүө эбээһинэһин толорбутунан барда. Мария Николаевнаҕа нэһилиэк баһылыгын уонна бэтэрээннэр Сэбиэттэрин эҕэрдэ суруктарын, хоруопкалаах бэлэхтэрин туттарда. Өссө эбэн, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Е.А.Борисов, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин сабыылаах кэмбиэрдээх эҕэрдэтин туттаран үөртэ-көтүттэ. Түмүгэр бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Люция Ивановалыын 9 күндү таастаах үрүҥ көмүстэн кутуллан оҥоһуллубут «Ытык саас» бэлиэни түөһүгэр ииллилэр.
Ытык кырдьаҕаспыт маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлиир улахан кыыһа Маргаритаҕа олорор эбит. Бэйэтэ чэй кутан ыалдьыттарын аһаталаата. Кэпсэтии тимэҕэ сөлүннэ. Бастаан дьиэтигэр көмөтүн билиһиннэрдэ. Кыыһа үлэттэн кэлэригэр аһын-үөлүн бэлэмнээн, остуолун тардан көрсөр эбит. Баһылыкпыт Эдуард Егорович бэркэ токкоолоһон ыйыталаспытыгар, кылгастык урукку олоҕун аҕынна: «Аллыҥа нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтүм. Олох кыра сааспыттан араас үлэҕэ эриллибитим: суорунаҕа бурдук тардарым, лэппиэскэ оҥорорум, тирии таҥастааһыныгар көмөлөһөрүм. Сэрии уот кураан аас-туор аччык сылларын улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан этэҥҥэ туораабытым. Үөрэхтэнэн, үлэһит буолан, дьону-сэргэни аһынан-таҥаһынан хааччыйыыга Сунтаар сельпотугар бэрт уһуннук үтүө суобастаахтык үлэлээбитим. Күҥҥэ көрдөрбүт үс кыыс, биир уол оҕолоохпун, элбэх сиэн, хос сиэн тапталларыгар биһиктэнэн бачча сааспар диэри этэҥҥэ, өлүөрдүк олоробун. Өр сытары сөбүлээбэппин. Тураммын тугу эмит үлэлээн, мэлдьи хамсана, кэлэ-бара сылдьарбын ордоробун. Ол да иһин 90 сааспын туоллаҕым».
Бу сылга маннык «Ытык саас» бэлиэни өссө икки киһи туппут: 95 сааһын томточчу туолбут үлэ, тыыл, Арассыыйа Ис дьыалаларга министиэристибэтин бэтэрээнэ Василий Романович Коротов, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Христина Гаврильевна Данилова. Өссө этэҥҥэ сырыттахтарына сыл бүтүөр диэри 6 киһи 90 саастарын туолан, маннык чиэскэ-бочуокка тиксиэхтээхтэр.
This post was published on 09.06.2017 18:10 18:10