Сунтаар нэһилиэгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга Бүлүү өрүстэн уу хомуйар, бэлэмниир уонна хааччыйар станция бастакы сыбаайатын уурдулар. Объектары «Жилье и Городская среда» нацбырайыак иһинэн баар «Ыраас уу» бырайыак чэрчитинэн олоххо киирэллэр, диэн СИА-ҕа Саха сиринээҕи Одькх министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Объектары тутуу Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторун хаачыстыбалаах уунан хааччыйыаҕа.
Бырайыак быһыытынан, станция сууккаҕа 500м3/ ууну хомуйан, 1100м3 ууну 3,5 км кольцевой ситими ыраастыыр кыамталаах. Тутууну АО «Водоканал» сакаастаата, бэдэрээтчит тэрилтэтэ ООО «ИнвестДорСтрой» диэн быһаарылынна.
«Ыраас уу» национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр Горнай, Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Амма уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар уунан хааччыйыы 8 объега тутулла турар. Быйылгы сылга биэс объект үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр, 2023 сылга – 3.
Тэрээһиҥҥэ Саха сирин ОДьКХ уонна энергетикаҕа министиэристибэтин коммунальнай комплексын салайааччыта Валентин Чан, Сунтаар улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Александров, Сунтаар сэлиэнньэтин баһылыга Эдуард Филиппов, АО «Водоканал» генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырджагасов, «Инвестдорстрой» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Яков Сивцев кытыннылар.
This post was published on 01.04.2022 12:01 12:01