Быйыл Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылыгар Сунтаар улууһугар 42 мөл. солк. үп көрүлүннэ. Мантан 20 мөл. солкуобайа номнуо туттуллан, сөптөөх хайысхаларга үлэ ыытылынна.
Бүгүҥҥү күҥҥэ уот ситимин күүһүрдэр үлэ бара турар. Ол курдук от ыйын 10 күнүттэн киэһэ 9 чаастан сарсыарда 7 чааска диэри улуус киинигэр уҥа, хаҥас фидердэргэ уоту араарыахтара, туһааннаах үлэлэр ыытыллыахтара. Маннык үлэ улууспут атын нэһилиэктэригэр эмиэ барыаҕа.
Маны таһынан быйыл сайын нэһилиэккэ сквердэр, пааматынньыктар тутуллуохтара, өрөмүөннэниэхтэрэ, ырааһырдыы, тупсарыы үлэтэ күргүөмнэниэ. Манна быйыл саҥа тэриллибит устудьуоннар этэрээттэрэ күүс-көмө буолуохтара. Устудьуоннар икки биригээдэнэн арахсан үлэлиэхтэрэ. Бастакы биригээдэ Элгээйигэ тахсан үлэтин саҕалата. Оттон иккис биригээдэ кэлэр нэдиэлэттэн Сунтаар иһигэр үлэлиэҕэ.
This post was published on 12.07.2016 11:39 11:39