Сунтаар улууһугар атырдьах ыйын 23 күнүгэр СӨ тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл политикатыгар министиэристибэтин мелиорацияҕа отделын начаалынньыга А.А. Гуляев, Ньурбатааҕы филиал салайааччыта А.Б. Васильев, кини бэрэстэбиитэлэ И.Н. Петров, Сунтаар улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга И.В. Тихонов улууспут баһылыгын А.В. Григорьевы көрсөн КУЛ (коренное улучшение лугов), ПУЛ (поверхностное улчушение лугов) уонна уу түһэриитин үлэлэригэр сүбэлэстилэр.
2016-2017 сылларга биһиги улууска КУЛ, ПУЛ үлэлэрин бастакы уонна иккис этааптара ыытылла тураллар. Ол курдук Бүлүүчээн нэһилиэгэр 130 га, Кириэстээххэ 50 га, Кутанаҕа 100 га, Күүкэйгэ 90 га сиргэ кыһыҥҥы үлэлэр ыытыллыахтаахтар. Сайыҥҥы үлэлэртэн Дьаархан нэһилиэгэр 78 га сиргэ барыахтаах. Барыта 448 га буолуохтаах.
Уу түһэриитигэр Элгээйи Угут Күөлүгэр үлэ бара турар. Ол эрээри, уу барар трассатын турбата үөһэ турарынан ону өссө дириҥник түһэриллиэхтээҕэ быһаарылынна. Үлэ бастакы, иккис этааптара бүттэҕинэ 465 га кураанах сир тахсыахтаах.
Маны таһынан Бордоҥ нэһилиэгэр Бэттиэмэ күөлүн уутун, атын да нэһилиэктэртэн уу түһэриитигэр сайаапкалары хомуйан мелиорация отделын кытта күүскэ үлэлэһэргэ улуус баһылыга А.В. Григорьев улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга И.В. Тихоновы сорудахтаата.
This post was published on 26.08.2016 14:27 14:27