23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сунтаарга үөрэнээччилэргэ аналлаах «Олоҥхо КВИЗ» ыытылынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олоҥхо ыйын чэрчитинэн оскуола оҕолоругар «Олоҥхо КВИЗ» тэрилиннэ диэн, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

Бырайыагы иккис сылын Сибиэрэп киинин үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыталлар. Оонньууга алта хамаанда кытынна: Сунтаар политехническай лицей-интернаттан, 3№-дээх оскуолаттан, Кириэстээх оскуолатыттан икки хамаанда, Сунтаар гимназияттан икки хамаанда. Оонньуу биэс түһүмэхтэн турда.

Ол курдук, оҕолор олоҥхоҕо кэпсэнэрин курдук аллараа дойду, орто дойду, үөһээ дойду түһүмэҕин аастылар. Хас биирдии түһүмэх оҕолор интэриэстэрин, болҕомтолорун тардарга диэн туһаайыллыбыт буолан оҕолор үөрэ-көтө, сэргэхтик оонньоотулар. Муҥутуур кыайыылааҕынан иккис сылын Сунтаар политехническэй лицей оҕолоро «Саас» хамаандата буолла. Кыттааччыларга барыларыгар минньигэс бэлэх туттарылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар