Сунтаар улууһугар мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр саҥа көлөлөрү аҕалыы салҕанар. «Доруобуйа» национальнай бырайыак иитинэн, мэдиссиинэ көмөтүн оҥорорго тохсунньуга Сунтаар улууһугар Күндэйэҕэ уонна Уһун Күөлгэ УАЗ кэлбитэ. Ол туһунан «Саха сирэ» саайт иһитиннэрэр.
«Улуус поликлиникатын, амбулаториялар үлэлэрэ элбэх. Сүрүнээн барыыны-кэлиини кытары сибээстээхтэр. Быраастар, биэлсэрдэр суһал ыҥырыыларга, дьиэлэригэр сытар пациеннарга бараллар. Онон саҥа көлөлөр ордук тыа сиригэр суһал ыҥырыыга уонна ыраах олорор нэһилиэнньэлээх пууннарга тиийэргэ туһалаахтар, көмөлөөхтөр. Бу СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ өйүүр, көмөлөһөр буолан ситиһиллэр. Мэдиссиинэ көмөтүн суһаллык оҥорорго, элбэх киһини хабарга туһалаахтар», — диэн этэр кылаабынай быраас Анатолий Назаров.
Манна эбэн эттэххэ, сотору кэминэн саҥа көлөлөр кэлиэхтээхтэр. Олор Кутанаҕа, Түбэй Дьаархаҥҥа, Бүлүүчээҥҥэ уонна улуус поликлиникатыгар бэриллэллэр.
«Доруобуйа» национальнай бырайыак сыалы-соруга — нэһилиэнньэ бары араҥатыгар мэдиссиинэ көмөтүн кыаллымтыа оҥоруу. Национальнай бырайыак РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээһининэн 2019 сылтан саҕаламмыта. Бу кэм устатыгар Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын элбэх эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киллэрилиннэ, олор ортолоругар перинатальнай киин уонна сүрэх-тымыр ыарыылаахтары эмтиир киин, икки улуустааҕы киин балыыһа, 80 амбулатория уонна биэлсэр-акушер пууннара бааллар. 219 тырааныспар ылыллыбыта, ону сэргэ, 17 көһө сылдьар мобильнай комплекс, 663 мэдиссиинэ тэрилэ ылыллыбыттара.
This post was published on 07.08.2024 13:58 13:58