Сунтаарга үлэ дьиҥнээх бырааһынньыга буолла

Саас, үлэ, эйэ бырааһынньыгар Сунтаар улууһун Тойбохой с. олохтоохторо нэһилиэктэрин уутун хорооһуҥҥа уонна бөх хомуйааһыныгар субуотунньуктаан түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.


Эдэр баһылык Иван Попов ыытыллыбыт үлэ бырааһынньыгар элбэх киһи актыыбынай кыттыыны ылан, көхтөөх үлэ күөстүү оргуйда.

Субуотунньукка инбэлиитигэр, 75 саастаах кырдьаҕаһыгар тиийэ кыттан, нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрэ да астыннылар. . Эбиэккэ олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ миин, шашлык буһаран, чэй өрөн, үлэһит дьоҥҥо айах туттулар.

Надежда ЕГОРОВА,«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 03.05.2018 14:31 14:31