Сунтаарга кылаабынай бырааһынан Светлана Иванова ананна

Бу нэдиэлэҕэ Сунтаарга СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопков кэлэн, улуус медиктэрин кытта көрүстэ. 


Мунньах кэмигэр миниистир Михаил Охлопков бу дьыл бэс ыйыттан улуус кылаабынай бырааһынан үлэлиэхтээх Светлана Иванованы билиһиннэрдэ. Бу иннинэ кини Дьокуускай куоракка үлэлээбит. Бэйэтэ Кутанаттан төрүттээх. Саҥа киһи саҥалыы тэринэн, улууспут доруобуйатын харыстабылын салаата саҥалыы тыыннаныа диэн эрэнэбит.

Сунтааарга доруобуйа харыстабылын салаатыгар быһаарылла илик боппуруостар элбэхтэр. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев доруобуйа харыстабылын боппуруостарын таарыйарыгар, улуустааҕы киин балыыһа иккис уочаратын тутууга үлэ барыан наадатын ыйда. Билигин бырайыактыыр-сметалыыр үлэтэ барара наадатын эттэ. «Бу үлэни ыытарга үтүмэн үп наада буолара өйдөнөр. Ону министиэристибэни кытта улуус бииргэ үлэлэһэн бу боппуруоһу быһаарыахпытын сөп», —  диэтэ кини.

Михаил Охлопков Бүлүүчээн учаастактааҕы балыыһатыгар 700 тыһ. солк. суумалаах сертификаты туттарда. «Манан кинилэр саҥа массыына ылыныахтара», — диэтэ кини. Ол кэннэ миниистир улууспутугар баар балаһыанньаны соччо бэрдэ суоҕунан сыаналыырын иһитиннэрдэ. Ол эбэтэр поликлиникаҕа ыарыһах көрдөрөр былаана туолбатаҕын, уопсай ыарыылартан өлүү өрөспүүбүлүкэ көрдөрүүтүттэн улаханын бэлиэтээтэ. «Ыарыһахтарга сыһыан тупсуохтаах», — диэн сыһыары тутан эттэ.

Көрсүһүү кыттыылаахтара интэриэһиргиир бопппуруостарын биэрдилэр. Устье нэһилиэгин баһылыга Александр Попов нэһилиэктэргэ саҥа ФАП-тары тутуу механизмнарын туһунан ыйытта. Манна сорох исписэлиистэргэ хамнас тоҕо эбиллибэтин, эбии төлөбүрдэр эҥин туһунан интэриэһиргээтилэр. Хас биирдии боппуруоска миниистир толору эппиэттээтэ. Чуолаан кини билиҥҥи ыарахан кэмҥэ харчыны көрдөөбөккө, бэйэ күүһүнэн үлэлииргэ ыҥырда. «Саҥа оборудование ыларга, хапытаалынай өрөмүөнү ыытарга сөбүгэр үп көрүллүө. Ол гынан баран сорох оборудованиелар сыаналара ыараханынан, сотору кэминэн хааччыллыы баар буолуо диэн этэр уустук. Ол эрэн бары көмөлөөн үлэлээтэхпитинэ, туох барыта кыаллыа», — диэн эрэлин биллэрдэ.

This post was published on 20.05.2016 13:58 13:58