Үтүө түмүктэрдээх күрэс түһүлгэтэ үгүс хабыр хапсыһыылары, умнуллубат түгэннэри, сытыы киирсиилэри, соһуччу бэлэхтэри оҥордо.
Сунтаар улууһун баһылыга, улуус тустууга федерациятын бэрэссэдээтэлэ Анатолий Григорьев 20 сыл буолан баран, олохтоохторго маннык кэрэ бэлиэ күннэри бэлэхтээбититтэн үгүс дьон астынна, махтанна, биһирээтэ. Сааланы толору көрөөччү мустан биир тыынынан күрэһи манаатыбыт.
Анатолий Григорьев: «Саамай сүрүнэ улуус олохтоохторугар, көрөөччүлэргэ махталбын этэбин. Кинилэр хас биирдии спортсмеҥҥа ыалдьан, ыһыытаан-хаһыытаан күрэх таһымын үрдэттилэр. Ону тэҥэ, бачча ыраах айаннаан кэлбит бөҕөстөргө итии-истиҥ эҕэрдэ. Сунтаар сирэ-уота күүскүтүгэр күүһү, эрчимҥитигэр уҕараабат эрчими эбэн биэрдин!, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Маннык таһымнаах күрэһи тэрийии, биллэн турар, судургу буолбатах. Үлэлэригэр бэриниилээх, кырдьык ис дууһаларыттан спорду таптааччылар тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытылларын туһугар элбэх киһи үлэлээтэ. Кинилэргэ барыларыгар улуус дьаһалтатын аатыттан махтанабыт, суруйда Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Источник: Саха сирэ саайт