Сунтаарга ХХI Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердарын Александр Иванову чиэстээтилэр

Тэрээһин эдэр ыалларга аналлаах Баҕалаах учаастагар Олимпийскай призер аатынан уулусса аһыллыытын сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. Бу күн улуус бары нэһилиэктэриттэн номоххо киирбит тустуук, Олимпиада иккис призера Александр Иванов тустар талааныгар сүгүрүйээччилэр, кинини ытыктааччылар хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи муһунна.


Маннык өрөгөй күҥҥэ анаммыт көҥүл тустууга эдэрдэргэ Казахстан сүүмэрдэммит хамаандатын кытта биһиги улууспут сүүмэрдэммит хамаандатын күөн көрсүүлэрэ бэрт сытыытык барда. Норуоттар икки ардыларынааҕы матч бастакы көрсүһүүтүн 50 кг бөҕөстөр саҕалыыллар. Биһигиттэн 11 кылаас үөрэнээччитэ, 1 спортивнай разрядтаах Игорь Петров Казахстан бөҕөһүн, Казахстан өрөспүүбүлүкэтин маастарга кандидатын Рахат Калжонову очконан хотон, биир дойдулаахтарын бастакынан үөрдэр. 55 кг 10 кылаас үөрэнээччитэ, 1 разрядтаах Иван Данилов Казахстан маастарга кандидатыттан Адил Егеновтан хотторуу хомолтотун билэр. 60 кг Дьокуускайга олимпийскай эрэллэр училищеларыгар үөрэнэр уолбут Афанасий Милютин маастарга кандидат Абай Жылысбайы кыайда. 66 кг 10 кылаас үөрэнээччтэ, 1 разрядтаах Кирилл Павлов маастарга кандидат Баурыжан Айдарбектан хотторуу хомолтотун билэр. 74 кг ХИФУ-га үөрэнэр уолбут, Россия спордун маастарыгар кандидат Револий Самсонов ыалдьытын, маастарга кандидат Жалгас Сегиһи чахчы астыктык кыайан, биир дойдулаахтарыгар таһыма чахчы үрдүгүн көрдөрөр. 86 кг онус кылаас үөрэнээччитэ, 1 разрядтаах Денис Максимов Казахстан маастарыгар Ернар Амангельдиевка лаппа сабырыйтарар. 97 кг Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар үөрэнэр уолбут, Россия спордун маастарыгар кандидат Ньургун Сергин казах маастарын Норхан Жексенкулу үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөккө кыайда. Оттон 125 кг Мирнэйтэн «уларсыбыт» уолбут, Россия спордун маастарыгар кандидат Заур Магомедов Казахстан бухатыырын, маастарга кандидат Динмухамед Курамаевы илиилээх-атахтаах оҥорбото. Инньэ гынан, хамаандабытыгар киирбитин бэрт чиэстээхтик боруостаата диэххэ наада.

Түмүккэ биһиги эдэр бөҕөстөрбүт 5:3 кыайан, улууспут спордун историятыгар умнуллубат бэлиэни хааллардылар.

«Көҥүл тустууга биһиэхэ бастакы олимпийскай мэтээли аҕалбыт улаханнык убаастыыр Александр Иванов дойдутугар сылдьарбытыттан улаханнык астынныбыт, сөхтүбүт-махтайдыбыт», — диэн казах тустууктара санааларын эттилэр.

Олимпиец Александр Иванов: «Бу матчевай көрсүһүү мээнэҕэ буолбатах. Маннык норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиини кыра өрөспүүбүлүкэ кыра улууһугар тэрийии (16 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх туспа судаарыстыба уонна мөлүйүөнү да кыайбат нэһилиэнньэлээх Россия биир регионун уратыта элбэх буоллаҕа — Б.Н.) элбэх тэрээһин үлэттэн, сүүрүүттэн-көтүүттэн, кэпсэтииттэн-ипсэтииттэн тахсар политическай да суолталаах тэрээһин. Эһиги, Анатолий Васильевич Григорьев баһылыктаах биир дойдулаахтарым, бүтүн Россия спортивнай аатын-суолун чиэстээхтик көмүскээтигит. Эһиэхэ барҕа махтал буоллун», — диир.

Санатар эбит буоллахха, бу Казахстан хамаандата Дьокуускайга кулун тутар 5-6 күннэригэр олимпийскай чемпион Роман Дмитриев кэриэһигэр буолаары турар норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кыттыахтаах сүүмэрдэммит хамаанда.

This post was published on 01.03.2016 15:22 15:22