Бэҕэһээ, алтынньы 30 күнүгэр, Сунтаарга күн иккис аҥарыттан саҕалаан, халыҥ хаар түстэ. Өрүс уҥуор баар Устье диэн бөһүөлэктэн иһитиннэрбиттэринэн, ол хаары кытта кыра кээмэйдээх ооҕуй оҕус уонна кумаар түспүттэр.
Сунтаар бөһүөлэгэр өрүскэ киирэр суол кытыытыгар көйүүрү эмиэ көрбүттэр. Өйдөөн көрдөххө эрэ көстөллөр (оннук элбэх түспэтэх), тыыннаах түһэн баран, онно-манна саһа сатыыллар. Дьэ, бу эмиэ айылҕа дьиктитэ буолар.
Быйылгы кыһын Сунтаар улууһугар эмиэ уратытык кэллэ диэххэ сөп. Ол курдук Бокуруопка, сахалыы халандаарынан кыһын саҕаланар күнүгэр, диэри халлааммыт 2-3 эрэ кыраадыс турбута. Өссө ардаан ылбыта. Бүлүү Эбэбит саҥа тура сатыыр.
Ааптар: Борис Николаев, https://ulus.media
This post was published on 31.10.2019 10:49 10:49