21 Сэтинньи 21.11
  • -27°
  • $ 100,22
  • 105,81

Сунтаарга эр киһи ыыта сылдьыбыт массыынатыттан 22 киис тириитин буллулар

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр алта буруйу оҥоруу бэлиэтэммитин туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Киин куоракка 1991 с.т. эр киһи моонньуга быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдэ.

Гараастан 118 тыһ.солк. суумалаах тутуу инструменнарын уорбуттар, итиэннэ тиэргэнтэн «Тойота Корона» массыынаны уорбуттар.

Дьокуускай олохтооҕуттан инвестиция диэн албыннаан, түөкүттэр 700 тыһ.солк. суйдаабыттар.

Нерюнгри оройуонугар наркотигынан эргиммиттэрэ билиннэ.

Сунтаар улууһугар 1979 с.т. эр киһи ыыта сылдьыбыт массыынатыттан 22 киис тириитин уонна икки карабин сааны булбуттар, бэрэбиэркэ саҕаланна.

Киһи өлүүлээх суол быһылаана тахсыбатах.

Суукка иһигэр итирик туруктаах 11 суоппары туттулар, суруйда Саха сирэ саайт

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА