Сунтаарга биэс аварийнай туруктаах дьиэни көһөрүү бырагырааматыгар киллэрбэтэхтэр. Оройуон прокуратурата суукка биэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын дьаһалынан, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олорор дьиэлэр олорорго табыгаһа суоҕунан, аварийнай туруктааҕынан биллэриллибиттэрэ.
Онуоха, бу дьиэлэри хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматыгар киллэриллибэтилэр.
«Оройуон прокуратурата кинилэри көһөрүү аадырыстаах бырагырааматыгар киллэрэр дьаһаллары ыларга сайабылыанньа түһэрдэ. Суут прокурор сайабылыанньатыгар толору сөпсөстө. Билигин элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр «2019-2025 сылларга дьону хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү аадырыстаах бырагыраамаҕа киллэрдилэр», -диэн Саха сирин прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
This post was published on 26.09.2022 13:05 13:05