Бүлүү бөлөх улуустарын хааччыйар 220 КВ кыамталаах тутаах подстанция Сунтаарга турар. Подстанция туруктаах үлэтин, кыаҕын үрдэтиигэ уонна саахал тахсыбатын туһугар былааннаах үлэ барар.
Маныаха «Якутскэнерго» тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеев эбийиэги көрдө-иһиттэ, электроыстаансыйа үлэһиттэрин кытта көрүстэ.
Тыын суолталаах, стратегическай тэрилтэҕэ билигин 300 кэриҥэ бакаансыйа аһаҕас турар, энергетиктэр тиийбэттэр. Сунтаардааҕы технологическай колледж бу салааҕа наадалаах исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар. Электромонтердар, машинистар, эпэрээтэрдэр өрөспүүбүлүкэ промышленнай тэрилтэлэригэр судургутук үлэ булаллар.
Ил Тумэн Хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Николаев оробуочай бөлөххө үлэлэстэ. Кини энергетика инфраструктуратын тупсарыыга биир сүрүн хайасханы тутуһан үлэлиир. Быйыл подстанцияны күүһүрдүү, ону тэҥэ транформатордары уларытыы үлэтэ күүскэ барыаҕа.
Источник: Сунтаар улууһун официальнай Telegram ханаала
This post was published on 23.01.2024 16:01 16:01