23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сунтаарга алта киһи саҥа үлэлэннэ

16:38, 29 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сунтаар улууһугар «АЛРОСА» АК иһигэр киирэн үлэлиир тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах Үлэ дьаарбаҥката буолан ааста. Тэрээһин быйыл алтыс төгүлүн ыытылынна. 


Дьаарбаҥкаҕа промышленнай тэрилтэлэри сэргэ, Сунтаардааҕы технологическай колледж эмиэ кытынна. Мустубут дьоҥҥо туһаайан улуус баһылыга А.В. Григорьев, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуу Киинин дириэктэрэ А.М. Николаев, ыалдьыттар ааттарыттан Т.А. Николина санааларын тириэртилэр. «Маннык тэрээһиннэр дьон бэйэтин идэтинэн сөптөөх үлэ миэстэтин буларыгар туһалаах», — диэн улуус баһылыга эттэ.

Үлэ көрдөһөөччүлэр дьаарбаҥкаҕа бэйэлэрин резюмеларын, үлэ киниискэтин куопуйатын уонна квалификацияларын туоһулуур докумуоннарын илдьэ кэлбиттэр.
Үлэтэ суох сылдьар 50 эдэр дьон кэлэн кытынна. Үксэ аҕыйах сыллааҕыта оскуоланы бүтэрбит ыччат. Уопсайа тэрээһиҥҥэ 128 киһи кэлбит. Олортон алта киһи саҥа үлэ миэстэтин булла, 30 киһи араас тэрилтэлэр резервэлэригэр киирдэ.

Бу сырыыга дьаарбаҥкаҕа «Анаабыр алмаастара» хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ кыттыбатылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА