Сунтаарга 70 сыл бииргэ ыал буолан олорбут дьиэ кэргэн үбүлүөйдээтэ

Сэбиэскэй бартыыйнай үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна, РФ, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ Николай Спиридонов уонна потребительскэй кэпэрээссийэ туйгуна, эргиэн бэтэрээнэ Екатерина Лыткина улуус биир ытыктанар, киэн туттар дьиэ кэргэнэ. Үбүлүөйдээх ыал Сунтаардааҕы ГТАС кыһыл көмүс кинигэтигэр бэлиэтэннилэр.


Сунтаар ытык ыалын оҕолоро киэҥник биллибит «Ыһыах», «Айтал» бөлөхтөрү төрүттээбит дьон — Александр «Золотой саксофон Якутии» диэн аатынан биллэр, Юрий Спиридонов-Сиэн Тиитэп уонна кыргыттара бу ансаамбыл кэрэ куоластаах солистката Лена Спиридонова, төһө да орто дойдуттан эрдэ күрэннэр, билигин да кини ырыаларын элбэх дьон таптаан истэр уонна доруобуйа харыстабылыгар бэриниилээхтик үлэлии сылдьар медик идэлээх кыыстара Светлана Новгородова.

Билигин 93 хаарыгар сылдьар Николай Николаевич Улуу Кыайыыны уһансыбыттар тустарынан кинигэ суруйуутугар үлэлиир. Компьютеры кыайа-хото туһанар. Оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэри кытта суотабайынан кыайа-хото кэпсэтэр.

70 сыл бииргэ олоруу кистэлэҥин ытык кырдьаҕастар маннык үллэстэр: «Бэйэ -бэйэҕэ убаастабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы, чөл олоҕу тутуһуу уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыан, киэҥ көҕүстээх буолуу«, — диэн этэллэр.

Юлия АЛЕКСЕЕВА, СУНТААР.

This post was published on 02.12.2019 17:53 17:53