Сунтаарга 4G холбонно

Бүгүн Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу  Айсен Николаев салайааччылаах оробуочай  бөлөх Сунтаар улууһугар үлэлиир.


«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон пресс-сулууспатаиһитиннэрэринэн, оробуочай бөлөх  Сунтаар улууһун экэнэмиичэскэй сайдыытыгар аналлаах  мунньаҕы ыытыаҕа. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар бастакы IT-киин – «Korobka» үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыытыгар кыттыаҕа. Бу кыһыҥҥыттан улууска оптоволоконной ситим  тардыллан, бүгүн Сунтаарга  суотабай сибээс төрдүс көлүөнэ стандартын (4G/LTE сибээс) официальнай холбооһунун үөрүүлээх түгэнэ тосхойдо.

This post was published on 30.08.2018 15:32 15:32