Сунтаарга 22 эдэр ыал дьиэ туттарыгар сертификат тутта

Сунтаар улууһугар 22 эдэр ыал дьиэ тутталларыгар анаан сертификаттары туттулар. Кинилэр «Эдэр ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыы» тус сыаллаах бырагыраамаҕа кииристилэр. 


Улуустааҕы ыччат управлениетын начаалынньыга Роман Догойдонов сертификаты ыларга барыта 200-тэн тахса сайаапка киирбитин туһунан эттэ. «Билигин улууспутугар 8000-тан тахса ыччат олорор. Үгүстэрэ үлэлээх-хамнастаах дьон. Ол эрэн сорохтор сөптөөх олорор дьиэлэрэ-уоттара суох. Кыһалҕаны быһаарар инниттэн бу бырагыраама ылыллан үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Ааспыт 2015 сылга 33 ыал сертификаты ылбыт буоллаҕына, быйыл 22 ыал ылла. Төрүөтэ – быйыл бырагыраамаҕа федеральнай үп көрүллүбэтэҕэ буолар. Ону аахсыбакка, үгүс ыал ылар», – диэтэ кини.

Улуус баһылыга Анатолий Григорьев эдэрдэри эҕэрдэлээтэ. Кини билигин төһө да арҕаа дойдулар өттүлэриттэн Арассыыйаҕа араас санкциялары, хааччахтары оҥордоллор, дойдубут бэйэтин дьаалатынан үлэлии-хамсыы олорорун туһунан чиҥэтэн эттэ. «Маннык уустук кэмҥэ өссө күүскэ сомоҕолоһон, бииргэлэһэн, бэйэ-бэйэни өйөнсөн олоруохтаахпыт», – диэтэ.

Баһылык эдэр ыалларга сертификаттары туттарда. Бу сырыыга Сунтаар нэһилиэгиттэн 15, Тэҥкэттэн 1, Сиэйэттэн 1, Илимнииртэн 2, Хадантан 2, Бордоҥтон 1 ыал ыллылар.

This post was published on 20.09.2016 13:00 13:00