Сунтаардар от былаанын 75% толордулар

Сорох тэриллиилээх хаһаайыстыбалар, чааһынай дьон туран биэрбит күнү-дьылы таба туһанан, отторугар күүскэ туруннулар. Инньэ гынан бэҕэһээҥи күннээҕи туругунан окко былааны 75% толордубут.


Санатар эбит буоллахха быйыл улуус окко былаана 36 тыһ. тонна.

Ынах сүөһүнү искусственнай сиэмэлээһин үлэтэ былаан быһыытынан бара турар. Ол курдук билиҥҥитэ 2242 ынах сиэмэлэннэ. Тэриллиилээх хаһаайыстыбалар, чааһынай дьон ынахтарын тустаах исписэлиистэргэ босхо сиэмэлэтиэхтэрин сөп.

This post was published on 13.09.2016 15:31 15:31