Сунтаар улууһугар социальнай эбийиэктэри, чааһынай дьиэлэри тутуу сылын ахсын барар. Инникитин тутуу былаана өссө да киэҥ. Бу эбийиэктэргэ матырыйаал тиийбэт да буолуон сөп кэриҥнээх, атыылаһарга, тиэйэн аҕаларга сыаната да үрдүк. Онон олохтоох тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарыы саамай тоҕоостоох кэмэ буолла.
Инникини таба таайан, «Сунтарцеолит» ХЭТ өссө 2016 сыллаахха цеолиттан гранулированнай пеностеклокерамическай «заполнитель», ол аата пеноцеолит, оҥоруохха сөп диэн Устье нэһилиэгиттэн Кэмпэндээйилиир суолга «Индустриальный парк» диэн ааттаан 2019 сыллаахха пеноцеолит, бетон блоктары оҥорор сыаҕы үлэҕэ киллэрбитэ.
Олохтоох тутуу матырыйаалын оҥорор сыаҕы Иван Кириллин салайар. Күн бүгүн 15 үлэһиттээх сыах тигинэччи үлэлии турар. Үлэһиттэр икки симиэнэнэн пеноцеолит, пеноцеолиттан тутуу блоктарын оҥороллор. Маннык блок көннөрү бетон блоктан уратыта диэн кини үс төгүл чэпчэки ыйааһыннаах, сылааһы тутарынан 5-8 төгүл ордук диэн үлэһиттэр кэпсииллэр. Цеолиты ыраастаан, бытарытан баран, 800 кыраадыска диэри ититэллэр. Оччоҕо ууллан, үс төгүл үллэр, керамзикка маарыҥныыр, чэпчэки ыйааһыннаах матырыйаал буолан тахсар. Дьиэни сылытыыга, холобур, базальт оннугар, эмиэ туһаныллар. Муоста аннын, дьиэ үрдүн сылытарга бытархай гранула быһыылаахтары куталлар.
«Сунтарцеолит» тэрилтэ бу бэйэтэ оҥорон таһааран олохтоох тутуу матырыйаалынан улуус иһигэр номнуо хас да тутууну ыытта. Холобур, бу сотору Устье нэһилиэгэр «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагырааманан 30 кыбартыыралаах дьиэ тутуллан үлэҕэ киирээри турар. Бу иннинэ Кириэстээх оскуолатын тутуутугар эмиэ олохтоох тутуу матырыйаала, пеноцеолит туһаныллыбыта. Ону сэргэ Устье-Кэмпэндээйи суолугар туһанылынна, эксперимент быһыытынан. Бу матырыйаал саас-сайын сир ирэн хамсыырыттан суол алдьаныыттан харыстыахтаах.
Онон улууспутугар цеолит бырамыысыланнаһын сайыннарар кыах баар. Манна тэрилтэ салалтата уонна улуус салалтата бииргэ үлэлэһэллэр.
Ааптар: Яина Власьева, «Сунтаар сонуннара» хаһыат саайта
This post was published on 29.11.2023 16:01 16:01