Сунтаардар гирииптэн быһыыны ылаллар

Сунтаар улууһугар гириип ыарыытыттан харыстаныыга үлэ доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэринэн күүскэ ыытыллар. Нэһилиэнньэҕэ туһааннаах быһыыны биэрии салҕанан барар.


Сунтаардааҕы киин балыыһа ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ үлэлиир кабинетын терапевт бырааһа Марина Борисовна Андреева этэринэн, атырдьах ыйын 31 күнүгэр 12145 вакцина кэлбит.

— Былаан быһыытынан улахан дьоҥҥо 6030 быһыы оҥоһуллуохтаах. Балаҕан ыйын 2 күнүттэн саҕалаан 53 ,7% тиийдэ. Ону тэҥэ элбэх дьон тоҕуоруһар, ыытыллар араас тэрээһиннэргэ тиийэн быһыыны эмиэ туруорабыт. Билигин улуус үрдүнэн тэрилтэ үлэһиттэригэр, оҕо саадтарыгар, оскуолаларга 34 биригээдэ туһааннаах быһыыны оҥоро сылдьар, — диир кини.

Бу субуотаҕа, ол эбэтэр балаҕан ыйын 21 күнүгэр Сунтаар улууһун күнүгэр анаан ыытыллар тэрээһиҥҥэ быһыы туруорар биригээдэ эмиэ үлэлиэҕэ.

Ааптар: Юлия АЛЕКСЕЕВА, Сунтаар.

This post was published on 17.09.2019 15:10 15:10