СӨ Доруобуйа сылынан сибээстээн, Арассыыйа норуодунай медицинатын бэрэпиэссэрэ, үрдүк категориялаах травматолог быраас, хирург, норуокка биллэр саха эмчитэ Попов Григорий Гаврильевич араас улуустарга таһаарыылаахтык эмтиир.
Төһө даҕаны ыҥырыыта элбэх буоллар, урут иккитэ сылдьыбыт Сунтаарыгар кэлэн, алтынньы 7 күнүттэн кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөн, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэ сылдьар.
Кини киһи этин-сиинин уларыйыытын, ыарыы төрүөтүн үгүс сыл кэтээн көрөн чинчийбит эмчитинэн биллэр. Ол да иһин ордук табыллан: үрдүк хаан баттааһыннаах, сүрэх-тымыр, хондуруос, сис ыарыыларын, сүһүөх эчэйиилэрин, артрозтаах дьону идэтийэн эмтиир.
Маныаха айылҕаттан айдарыылаах үрүҥ халааттаах аанньал, саха сатаабатаҕа суох диэбиккэ дылы, дьаныһан туран, Н.А.Васильев-Ньыыкан кырдьаҕас хаанныыр ньыматын баһылаан, 30-тан тахса сыл дьонун-сэргэтин махталын ылбыт.
Урукку үгэһинэн эмтээһинин сарсыарда 7 чаастан саҕалыыр. Билиҥҥи балаһыанньа уустугунан, бары эпидемиологическай ирдэбиллэри толору тутуһан, көрдөрөөччүлэр эрдэ төлөпүөнүнэн уочаракка суруттаран, болдьоммут кэмнэригэр мааскалаах кэлэллэрин олохтообут. Эмтэммит дьонтон ыйыталастахха, үрдүк хаан баттааһыннаахтар бастакы эмтээһин кэнниттэн тута төбөлөрө чэпчээбит, харахтара сырдаабыт. Ынах муоһунан супту оботторбут хоп-хойуу бөлөнөх хааннарын көрөн, бэйэлэрэ сөхпүттэр. Биир билэр киһим хаана хойдон, дабылыанньата мэлдьи 180/90 буолан, инсуллуура чугаһаабытын кэмигэр эмтээн быыһаабыт. Систэрэ ыалдьан олус эрэйдэнэр хас да киһи эмиэ «туһанныбыт, ыарыыбыт намыраата» диэн үөрүүлэрэ сүрдээх.
Онон Доруобуйа сылыгар кэлэн, дьону-сэргэни өр сылларга эрэйдээбит, санааларын саппаҕырдыбыт ыарыы «абааһытын» ылҕаан ылан бырахпыт өрөспүүбүлүкэбит биир биллэр эмчитигэр — күндү күтүөппүтүгэр Григорий Гаврильевичка сунтаардар махталлара улахан.
Утум салҕанар диэбиттии, бэйэтин туйаҕын хатарар хирург, ортопед, травматолог идэлээх уола Эрхаан Григорьевич Дьокуускай куоракка эмиэ дьону эмтээн дьоллуу сылдьарын үөрэ иһиттибит.
This post was published on 11.10.2021 15:01 15:01