Сунтаарга анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмө оҥоруу салҕанар. Бу үтүө дьыалаҕа волонтердар көмөлөрө үгүс диэн Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Бу күннэргэ волонтердар көмөлөрүнэн өстөөхтөн саһар, хаххалыыр сиэккэлэри оҥордулар.Бартыһаан кулуубун балаҕаныгар сүрүннээн 10 киһи уонна икки оҕо күн ахсын көдьүүстээх үлэни ыыттылар. Бука бары 70 саастарыттан тахсыбыт ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ буолаллар. Маны тэҥэ 1-кы нүөмэрдээх оскуола 8-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Лианалаах Алина биир да күнү көтүппэккэ үлэҕэ кыттыстылар. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ дииллэринии, сүдү үлэ барда. Манна сиэккэни оҥорор матырыйаалы миэстэтигэр тиксэрэн биэриигэ таксистар, тэрилтэ үлэһиттэрэ, нэһилиэнньэ дьоно бары кыттыстылар.
Бу кэмҥэ сунтаардар Мииринэй волонтердарын кытта алтыһан, мантан инньэ «шефтэһии» ньыматынан биир ситимнээх үлэ барыаҕа. Онтон биир улахан көдьүүһэ гуманитарнай көмөнү «АЛРОСА» сөмөлүөтүнэн тиэрдэн биэрэр хайысха олохтонуоҕа. Сотору кэминэн улуус баһылыга Анатолий Григорьев волонтердар хамаандаларын кытта анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр айанныахтара. Уолаттары кытта көрсөн наадалаах тэриллэри, малы-салы илдьэн биэриэхтэрэ диэн улуус дьаһалтата ТГ-ханаалыгар биллэрдэ.
Саха сирэ
This post was published on 28.08.2024 15:30 15:30