Сунтаар бүһүөлэгэр бэҕэһээ ас-үөл дьаарбаҥката тэрилиннэ. Дьаһал улуус төрүттэммитэ 220 сылын тэрээһиннэрин чэрчилэринэн ыытылынна. Тыатын хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэрэ, эти-үүтү дэлэтээччилэр сибиэһэй, саҥардыы өлөрүллүбүт ынах, сылгы, сибиинньэ этин, сайын оҥоһуллубут ап-араҕассиир арыыны дэлэйдик таһаарбыттарын дьон хамаҕатык атыыласта.
Сунтаар бөһүөлэгэр буолбут күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа оҕуруот, сир аһын арааһа атыыга дэлэй. Онон ким тугу баҕарарынан атыылаһан, кыһыҥҥы хаһаастарын хаҥаттылар.
«Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Сунтаар улууһа төрүттэммитэ 220 сылын бэлиэтээри олоробут. Дьаҥ-дьаһах, ыарыы элбэҕинэн бырааһынньык онлайн эрэсииминэн ыытыллар«, — диэтэ Яина Власьева, «Сунтаар сонуннара» хаһыат суруналыыһа.
This post was published on 19.09.2021 16:22 16:22