«Иркутскайдааҕы ньиэп хампаанньата» ХЭУо Сунтаардааҕы лицензионнай учаастак сирин-уотун алдьатан, ону ааһан бытовой бөҕүн-саҕын, промышленнай тобоҕун хомуйбакка, киртийбит сир кырсын ыраастаабакка эрэ «куотан» хаалбыттарын туһунан сурах бу күннэргэ социальнай ситимнэри толордо.
СӨ Ил Дархана Егор Борисов салайааччылаах бырабыыталыстыба оробуочай бөлөҕө Сунтаар улууһугар бара сырыттаҕына, Сунтаардааҕы лицензионнай учаастак ыһыллан-тоҕуллан турарын туһунан иһитиннэрии олохтоохтортон киирбитэ. Тутатына, СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев улуустааҕы айылҕа харыстабылын судаарыстыбаннай инспектора Алексей Тойтоновтыын туһааннаах учаастакка бараннар, дьулаан хартыынаны көрбүттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн эколога Кириэстээх территориятыгар лицензионнай учаастакка элбэх мас охторуллан итиэннэ ньиэп тобоҕо, бытовой бөх-сах ыһылла сытарын хаартыскаҕа түһэрэн, Фейсбук социальнай ситимҥэ таһаарбыта. Ньиэп тулалыыр эйгэҕэ сүрдээх өр иҥмэккэ-сүппэккэ, суураллыбакка хас да уонунан сыллар тухары сүһүрдэ сытарын киһи барыта билэр. Онон ньиэп тохторун кытта түргэнник ыраастыыр үлэлэр ылыллыахтаахтар этэ даҕаны, туһааннаах хампаанньа үлэһиттэрэ кумаардаан да көрбөтөхтөр. Олохтоохтор туруорсууларыгар кыһамматахтар. Улахаҥҥа уурбатахтар.
Биэрэбиэркэ түмүгүнэн, административнай дьыаланы тэрийэргэ боротокуол оҥоһуллан, боруоба ылыллан, анал химическэй анаалыс оҥоһуллуоҕа. Миниистр Дьокуускайга кэлээт «Иркутскайдааҕы ньиэп хампаанньата» ХЭУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Евгений Миловтыын кэпсэтэн, анарааҥылар чугастааҕы кэмҥэ сири чөлүгэр түһэрии, ыраастааһын үлэлэрин ыытарга эрэннэрэн, номнуо ыам ыйын 10 күнүгэр «Бүлүү» буурдуур хампаанньа сир кырсын ыраастаабытын (бу хампаанньа лицензионнай учаастакка дьөлө үүттүүр үлэлэргэ бэдэрээтчит быһыытынан үлэлиир) туһунан СӨ Айылҕа харыстабылын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Баҕар, Ил Дархан уонна СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сунтаарга бара сылдьыбатахтара итиэннэ олохтоохтортон «суһал сигнал» киирбэтэҕэ буоллар, арааһа, бөх-сах, ньиэп тобоҕо ыйы-ыйдаан хомуллубакка сытыа этэ.
«Иркутскайдааҕы ньиэп хампаанньата» айбардыырын утаран олохтоохтор айдаарбыттара хаһыс да сылыгар барда. Былырыын Сунтаар нэһилиэгэр ыытыллыбыт ситэриилээх былаас отчуотун кэмигэр, Ил Түмэн дьокутаата Александр Уаров бу боппуруоһу көтөҕөн турар.
Промышленнай хампаанньалар Сунтаар улууһугар төһө ньиэп, гаас кистэнэ сытарын чуҥнаабыттара хаһыс да сылыгар барда. Кириэстээх, Куокуну, Бордоҥ өттүгэр «сургутнефтегазтар» ньиэби-гааһы көрдөөн чинчийии ыытан тыаны солуохтарыттан, бөрөлөр хойуутук сыбыытыыр буолбуттар. Бу туһунан ситэриилээх былаас отчуотун кэмигэр Бордоҥ, Кириэстээх, Тойбохой олохтоохторо кэпсээн тураллар. Ааспыт сылга улуус үрдүнэн 40-ча сылыгыны бөрө тардыбыт. Аҥардас Тойбохой сэлиэнньэтин олохтоохторо үүммүт сылы 27 хоромньулаах көрсүбүттэр.
Бүгүҥҥү туругунан улууска 22 млрд кубометр гаас, 3 мөл. туонна ньиэп саппааһа кистэнэн сытар. Билиҥҥи туругунан 11 лицензионнай учаастакка 7 тэрилтэ чинчийэр үлэтин ыыта сылдьар. Ол иһигэр – биэс сыл анараа өттүгэр Сунтаардааҕы лицензионнай учаастагы ылбыт «Иркутскайдааҕы ньиэп хампаанньата» ХЭУо. Лицензионнай сөбүлэһиигэ олоҕуран, хампаанньа икки эрэ скважинаны үүттүүр уонна 2D ньыманан сейсморазведканы ыытар бырааптаах. Учаастак уопсайа 3080 кв км сири тайаан сытар. 2001 сыллаахха 1919 миэтэрэ дириҥнээх бастакы скважина үүттэммитэ. 2002 сыллааҕы чахчыларынан, барыллааһын быһыытынан Д1 категориялаах 30 млрд кубометр гаас саппааһа баара биллэр.
Иркутскайдар тугу утары уунуохтарай?
Бу саас кулун тутарга СӨ бырабыыталыстыбата уонна «Иркутскайдааҕы ньиэп хампаанньата» ХЭУо бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһиигэ илии баттаабыттара. Официальнай докумуон быһыытынан, бу сыл устата бырабыыталыстыба уонна туһааннаах хампаанньа «Ботуобуйа» уонна «Сокукаан» общиналарга (Мирнэй улууһа) күүс-көмө буолуохтаахтар. Маны таһынан хампаанньа «Олоҥхо» улуустааҕы этно-култуурунай киин» МБУ уонна Ленскэй улууһун оҕо кыһаларын оборудованиенан хааччыйыахтаах. Үсүһүнэн, СӨ Экологическай фондатыгар үбү-харчыны угуохтаах.
This post was published on 12.05.2016 16:40 16:40