Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев уонна улуустааҕы нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Киинин директора Александр Николаев Мииринэйгэ «АЛРОСА» акционернай хампаанньаҕа сылдьан саха ыччатын промышленноска сыһыарыы боппуруостарын дьүүллэстилэр.
«АЛРОСА» хампаанньа вице-президенэ Иван Демьяновы, каадыр управлениетын начальнига Александр Стаценконы, каадырдары бэлэмниир Киин дириэктэрэ Павел Тектясовы, Мииринэйдээҕи хайаны байытар комбинат (ХБК) дириэктэрин солбуйааччы Владислав Ивановы,кылаабынай инженерэ Александр Кисиличины, Миирнэйдээҕи массыына суолун оҥорор Управление начальнига Александр Кондратьевы, Ньурбатааҕы хайаны байытар комбинат директора Игорь Уваровы кытары көрүстүлэр.
Сырыы сүрүн сыала-соруга — «АЛРОСА» АХ тэрилтэлэригэр Сунтаар улууһун ыччатын сыһыарыы. Кэпсэтии олунньу 10 күнүгэр улууска Ил Түмэн депутаттарын улахан бөлөҕө кыттыылаах тыа сирин ыччатын промышленноска тардыыга аналлаах мунньахха бэлэмнэнии чэрчитинэн буолла, диэн СИА-ҕа Сунтаар баһылыгын көмөлөһөөччүтэ Тимур Иванов иһитиннэрдэ.
This post was published on 04.02.2016 09:14 09:14